Получи случайную криптовалюту за регистрацию!

Чучунаа ду... 2006 сыллаахха Мэнэ Ханалас Дойдунуускай диэн д | Мистическая Якутия

Чучунаа ду...

2006 сыллаахха Мэнэ Ханалас Дойдунуускай диэн дэриэбинэтиттэн 2 көстөөх алааска бултуу сырыттым. Бала5ан ыйын са5аланыыта этэ, ол сылдьан мунан хааламмын, хара5ым хайа диэки көрөр да онно барааччы буоллум. Халлаан борук сорук буолла, мин муннум дии санаан сарсыардаанна диэри уот оттон онно иттииһибин дии санаан уот отуннум. Аттыбар былыргы өтөх истиэнэтин анара турара, ба5ар ардах түһүө диэн сууллаары турар өтөх истиэнэтигэр өйөнөн олорон уоппар иттэ-иттэ өйүөбүн мотуйа олордохпуна, кэннибэр баар истиэнэм нөнүө туох эрэ улахан ба5айытык тыынара иһилиннэ. Мин адьас хаһан да куттамматахпын куттанным. Сап салыбырас буолан хааллым, кэннибин көрүөхпүн да ба5арбаппын. Ол олорон саалаахпын өйдүү биэрээт саабын аргыый а5ай ылан бараммын санным үрдүнэн туһаайан баран кэннибин хайыспакка эрэ төбөм диэккинэн баарын сэрэйэ биэрдим да ытан кэбистим. Онуоха алдьархай улахан өлөр хаһыы иһилиннэ да, тыа диэки сүүрэ турда, мин ата5ын тыаһын эрэ истэ хааллым. Ол эрээри кэннибин хайыһан көрбөтүм уоппун эрэ көрөе баран олордум. Чэ сарсыарда буолла халлаан сырдаата, мин тураммын ол тырыттан хаалбыт истиэнэм кэннин баран көрбүтүм саһархай өҥнөөх хайдах эрэ кыһыллыны саһархай курдук диэххэ чэ, хаан сытар этэ. Суолун суоллаан батыһааччы буоллум. Ол батыһан тыа5а киирэн хааллым, 2 килэмиэтир курдук батыспытым, хаан суола бүтэн хаалла, ханна барбытын эбии көрдүү сорумматым. Онтон дьэ массыынабын буламмын дойдубар Майа5а кэлэн кырдьа5ас дьонтон ыйытан көрдүм да ким да билбэт. Онтон эдэр дьонтон ыйыталастым да сорохтор чучунаа буолуо дииллэр, сорохтор билбэттэр. Туох эбитэ буолла...
2014 с. Дьокуускай