Получи случайную криптовалюту за регистрацию!

Быйыл 142 оҕо оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Атырдьах ый | Газета "Үлэ күүһэ" Горного улуса

Быйыл 142 оҕо оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрдэ.

Атырдьах ыйын 30 күнүнээҕи туругунан, үрдүк үөрэх кыһатыгар быйыл улуус үрдүнэн 54 ыччат киирэн, устудьуон аатын сүктэ, орто анал үөрэххэ 77 выпускник киирдэ. РФ таһымнаах үрдүк анал үөрэххэ киирбиттэр ахсааннара 3 оҕо. 11 выпускник бүгүҥҥү күн туругунан үөрэххэ киирбэккэ сылдьар. Ол иһин орто анал үөрэххэ бирикээс тахсарын күүтэллэр.

Үөрэх хаачыстыбатын биир сыанабылынан оскуола выпускниктара үөрэххэ киириилэрэ буолар. Былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ, үрдүк үөрэххэ киирии 1 % түстэ, орто анал үөрэххэ 5 % үрдээтэ, РФ таһымнаах үрдүк анал үөрэххэ киирии 6 % намтаата. Уопсай туругунан үөрэххэ киирии быйыл 1 % үрдээтэ.