Аҕам саастаах дьоҥҥо анаммыт ыһыах спортивнай күрэхтэһиитин кыайыылаахтара.
"СахаВа-Бол" 1 миэстэ Маҕарас, 2. Бэрдьигэстээх, 3. Кэптин.
"Городки" 24 киһи кыттыбытыттан 1 миэстэни Егор Приблых (Бэрдьигэстээх), 2. Николай Жирков (Одуну), 3. Прокопий Осипов (Бэрдьигэстээх) ыллылар.
Ыһыахха кэлбит дьон күрэхтэһиигэ олус көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Сааһырдыбыт диэн бүгэн олорбокко, олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсан иһэллэрэ, чөл, доруобай олоҕу көҕүлүүллэрэ хайҕаллаах суол.
Виктор Семенов хаартыската түһэриитэ.